Бэс ыйын 14 күнүгэр Уус Алдан улууһун Суотту нэһилиэгин Үрүҥ Тунах ыһыаҕа нэһилиэк олохтоохторун, ыалдьыттарын "Налыы" хатыҥ чараҥар түмптэ. Быйылгы ыһыах сахалыы таҥныбыт дьоно-сэргэтэ элбэҕинэн, түөлбэлэр олохтоохторо сахалыы таҥнан-симэнэн кэлэн сэлэлии хааман ыһыах түһүлгэтигэр киирбиттэринэн, тыҥааһыннаах култуура уонна успуорт күрэхтэрэ үгүстэринэн, Суотту олохтоохторо аймаҕынан күрэхтэргэ бириис туруорбуттарынан уратылаах уонна кэрэхсэбиллээх буолла.
Библиотека RUTUBE каналыгар ссылканан киирэн Суотту ыһыаҕын хаартысканан видеопрезентациятын көрүҥ:
Эбии хаартыска киллэрбиппин бу ссылканан көрүҥ~
https://rutube.ru/video/efa3f87b39fc0d700b1dabd1bc4aef12/?r=a/
https://rutube.ru/video/5c99742503a8c2c0181fe4716f745169/?r=a