Олоҥхо уонна хомус декадатын чэрчитинэн Суотту бибилэтиэкэтэ өрөспүүбүлүкэтээҕи олоҥхо дьыктааныгар ааҕааччыларын кытыннарда

Суотту модельнай библиотекатыгар олоҥхоҕо уонна хомуска аналлаах быыстапка турда.

Хас сылын ахсын сэтинньи 25 күнүгэр Өрөспүүбүлүкэбит үрдүнэн Олоҥхо күнүн өрө көтөҕүллүүлээхтик бэлиэтиибит. Ол тэрээһин  чэрчитинэн Суотту нэһилиэгэр «Олоҥхо дьыктаана — 2026» Өрөспүүбүлүкэтээҕи аахсыйа ыытыллынна. Быйылгы дьыктаан тиэкиһэ Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай — Бэдьээлэ «Дьырыбына Дьырылыатта кыыс бухатыыр» олоҥхотуттан 210 кэрчиктээх быһа тардыы.

Аахсыйаҕа кыттыһан дьыктаан суруйбут дьоммутугар махталбытын биллэрэбит!

Поделиться: ВКонтакте Telegram

Суоттунская модельная сельская библиотека - филиал №15 входит в МКУ «Усть-Алданская МЦБС»