Сэтинньи 12 күнүгэр Суотту библиотекатыгар «Мин ураты дьарыгым» нэһилиэк коллекционердарын быыстапкалара буолан ааста. Манна оҕотуттан аҕам саастааҕар тиийэ уон сэттэ коллекционер мустан умсугуйар дьарыктарын көрдөрөн кэрэхсэбиллээхтик сырдаттылар. Дойдубут историятын кэрэһэлиир, араас дойдулартан кэлбит маллары көрөн улаханнык сэргээтибит, коллекционердарбыт дьиҥ-чахчы умсугуйан дьарыктаналларын сөҕө — махтайа көрдүбүт. Араас сыллардааҕы араас дойдулар куукулаларын, оонньуурдарын, ыраахтааҕы саҕанааҕы пенал, саха букубаардарын арааһын баай коллекциятын Мариядора Гузаирова туруорда.


Зинаида Портнягина оҕо сааһыттан муспут манньыаттара, төрөөбүт сылын бэлиэтэ

Зоя Иванова оҕо сааһыттан муспут кэмпиэт, сакалаат суулара, конверт ойуулара

Татьяна Пак араас сиртэн кэлбит ложкалара

Матрена Гуляева сир араас муннуктарыттан кэлбит сүүтүктэрэ, бэйэтин оҥоһуктара

Анастасия Степанова открыткалара дириҥ ис хоһоонноохтор.

Мария, Валерий Тарскайдар дьиэ кэргэннэринэн муспут халандаардара, тиэмэнэн араарыллан турбут элбэх ахсааннаах значоктара, маны сэргэ атын үс араас мунньубут малларын сэргээн көрдүбүт, биһирээтибит.


Ксения Местникова уруучукалар улахан коллекцияларын туруорда.


Евдокия Иванова саха оҕолорун статуэткаларын


Раиса Охлопкова халандаар арааһын

Галина Заровняева чуорааннары,магниттары

Яна Черкашина манньыаттары, значоктары

Валентина Бубякина салфеткалары, сувенирнай тарелкалары

Татьяна Тарасова эдэр сааһыттан муспут былааттарын

Мария Заровняева манньыаттары мунньубуттарын кэрэхсээтибит

Суотту орто оскуолатын үһүс кылааһын үөрэнээччитэ Гарик Алексеев манньыаттарын коллекциятын көрдөрөн ис хоһоонун олус үчүгэйдик билиһиннэрдэ.

10-с кылаас үөрэнээччитэ Тускул Пирожков икки сүүсчэкэ ахсааннаах точилкаларын коллекцията барыбытын сөхтөрдө.
